О5о көмүскэлин күнүнэн итии- истиң э5эрдэ. Бу күн сиригэр кэлбит хас биирдии о5о дьоллоох- соргулаах, доруобай буоллун, күннэтэ үөрэ- көтө улааттын. О5олорбут биһиэхэ бэриллибит тугунан да кэмнэммэт сүдү улахан бэлэхпит буолаллар. Ол иһин төрөппүт илиитигэр: о5о кута- сүрэ, инники олоххо суола- ииһэ, өйө- санаата, кыа5а-күүһэ, онон кинилэр күөх халлааннарыгар былыт тахсыбатын, аартыктарыгар күлүк түспэтин туһугар олоруохтаахпыт. О5олорбут, үөрэнээччилэрбит, чөл туруктаах, бэйэлэрин кыанар, инникигэ дьулуурдаах, самныбат санаалаах буоллуннар!
|